Киирии тыл.
Эһиги билэргит курдук, биһиги дойдубутугар араас түбэлтэлэр буолан турардаахтар. Олортон биирдэстэрэ чучунаа туһунан кэпсээни, үһүйээни уонна номоҕу хас биирдии саха киһитэ, бу олорор үйэтигэр саатар биирдэ истэн аһарбыт буолуохтаах. Биллэн турар, киһи олоҕор бар дьоно киниэхэ улахан дьайыылаах буолаллар. Холобур бу сэһэҥҥэ, өскөтүн силиэстийэни ыытар киһи үлэтинэн кэлбит буоллаҕына, бу улаатан эрэр уол оҕото, бэйэтин баҕатынан дьонун-сэргэтин көмүскээри, кырабын дэммэккэ бэйэтинээҕэр улахан күтүрү бултаһара ааҕааччыны уйадытар. Бу кинигэҕэ таптал күүһэ киһи ыарахан түгэҥҥэ түбэстэҕинэ, киһи дууһатын уоскутарын. Онтон хорсун быһыы, эр киһини хайдах курдук киэргэтэр бигэргэтэн суруллубут буолан, бу кинигэни ааҕа олорор киэһэхэ элбэҕи даҕаны кэпсиэ диэммин, бэйэм ис санаабыттан үчүгэйи баҕаран тура, сынньана таарыйа диэн дуоһуйа ааҕарҕытын көҥүллүүбүн!
Махтаныам этэ дьиэ кэргэммэр, кинилэр эрэллэринэн уонна көмөлөрүнэн, бу бастакы кинигэм күн сирин көрдө. Туспа махтаныам этэ эбээбэр уонна эдьиийбэр. Хас биирдии ааҕааччыларбар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн олоҕу уонна дьолу-соргуну. Бу буола урар ыарахан кэмҥэ, бары бииргэ түмсүүлэх буолуох тустаахпыт, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн олороргут киһини үөрдэр. Саха норуотун тыла сүтүө суоҕа диэн Таҥараҕа улаханнык эрэнэбин. Ол иһин аныгыс сырыыга тахсар кинигэлэрбин, эһиэхэ диэн төрөөбүт тылбынан суруйуом. Туругурдун сахам тыла!
Бастакы чааһа.
– Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар. (Саха өһүн хоһооно).
Өр өтөр буолбатаҕа, сайын саҕаланаат оҕо-аймах оскуолатын чиэппэрин түмүктээн, бары даҕаны «һуу» диэбиччэ дьиэлэрин хоту ким дэриэбинэҕэ, ким даачаҕа, ким тас дойдуга күүлэйдии бараллар. Биллэн турар, хас биирдии оҕо бэйэтэ туспа баҕа санаалаах, өскөтүн быраата манна барабын диэтэҕинэ эдьиийэ онно диир, онтон сылтаан мөккүөр таҕыста даҕаны ийэлэрэ «бүтүн!» диэн мөҕөн эрэ кэбиһэр. Дьэ быйылгы дьыл сайына бэрткэ саҕаланна, тоҕо диэтэр, куйаас кэмнэргэ сымнаҕас ардах түһэн сири дойдуну курааҥҥа былдьаппата. Онон быйыл барыта этэҥҥэ буолуохтаах, барыта тупса туруохтаах
Мичил хаһан даҕаны мээнэ хой баһын туойбат, мээнэ солуута суох күлбэт, ыраас санаалаах, сымнаҕас майгылаах, холку үчүгэй уол. Куруутун түөрткэ-биэскэ үөрэнэр, үөрэҕэр кыһаллан 7-с кылааһы быйыл этэҥҥэ түмүктээн баран, быйыл хайаан даҕаны худуоһунньуктар лааҕырдарыгар барыахпын наада диэн кытаанах санаалаах. Ол даҕаны буоллар, аҕыйах кэмҥэ абаҕатын аахха дэриэбинэҕэ көмө киһитэ буола таҕыста.
Толбон диэн дэриэбинэ уруккута кыһыллар уонна үрүннэр харах харахха көрсөн киирсибит сирдэрэ. Гражданскай сэрии кэмигэр, кыһыл этэрээттэр бу сири оборона оҥостон үрүннэри тоһуйбут сирдэрэ, ол кэмнээҕи кэмҥэ сыһыаннаах бу олохтоох дьоҥҥо, араас номох буолбут үһүйээннэр бөҕө тылтан тылга, уостан уоска бэриллэн билигин даҕаны дьон-сэргэ дьикти буолбут түбэлтэлэри кэпсиирэ. Дьиҥинэн Толбон дэриэбинэтэ туох даҕаны атын дэриэбинэлэртэн уратыта суоҕа эрээри… Таастаах хайаҕа улахан киһи суола баара…
2. Өр да айаннаан, уһун суолу массыына түннүгүн нөҥүө көрөн олорон «хаһан бу тиийэммин саҥаһым Кэтириис алаадьытын амсайарым буоллар» диэн саныы иһэн, уута кэлэн утуйан хаалла. Арай эмискэччи такси массыыната тохтуу биэрдэ, Мичил уһуктан кэллэ, өҥөйөн көрбүтэ билэр сиригэр кэлбит эбит. Тэрээһэ ааныттан абаҕата Миитэрэй өҥөйөн туран илиитин уунна. Бырайыаһын төлөөн, малын суумкатын ылан баран ааны аһаат абаҕатыгар сүүрдэ, күрүө аанын арыйаат Миитэрэйи кууһан ылла. Миитээ бэйэтэ эйэҕэс киһи, сымнаҕас майгылаах, үлэһит бэрдэ. Урут быраата тыыннаах эрдэҕинэ элбэх сиринэн үлэлиир-хамныыр эбитэ. Холобур тас омук дойдутугар тахсан биир хампаанньаҕа балыксытынан үлэлээн турардааҕа. Оннук курдук эрчимнээхтик үлэлии хамныы сырыттаҕына, дойдутуттан эмискэ ыраас халлааҥҥа чаҕылҕан эппитин курдук куһаҕан сонун кэлэр, Мичил аҕата Дьулус ууга түһэн өлбүт үһү диэн. Өр гымматаҕа, аҕыйах хоноот дойдутугар төннүбүтэ, кэлээт даҕаны ханна даҕаны тохтообокко, утуйбакка сынньаммакка Толбоҥҥо түһүнэн кэбиһэр, ол кэнниттэн биирдэ быраатын харайсар. Ол дьыл күүстээх тыал, ардах-этиҥ хаста да түһэн турардаах.
Миитэрэй быраатын Мичили кууста, оруйуттан ылан сыллаата уонна эмискэ баҕайытык -хайа доо, иккини ылбатыҥ ини, нохоо- диэн ыйыппытыгар Мичил – бу үйэҕэ үчүгэйдик үөрэнэн кэлбитим- диэн бэйэтигэр төттөрү хардары эппиэт биэрдэ, Миитэрэй күлэн эрэ бистэ. Дьиэҕэ киирээт Мичил улааппыт түөлбэтин, тапталлаах сирин салгынын эҕэрийэ биэрдэ. Дьиэ иһигэр киирбитэ кэм буолуо, кийиитэ Кэтириис барахсан дьиэтин сууйан, аһын астаан, чэй өрөн барытын бэлэмнээн баран кыра уолун Ньургуну аһата олороохтуур эбит.
– Эдьий Кэтириис, дорообо!
– Оо, Мичил! Төһө бэрткэ айаннаан кэллиҥ?
– Үчүгэй, ол эрэн суолбут өссө тупсан биэрбит дуу? Олох көнө баҕайы дии.
– Бу соторутааҕыта суолу оҥорбуттара, малгын хоско киллэрэн уураар, онно бэйэҥ оронуҥ бэлэм уонна кэлэҥҥин аһаар.
– Так точно, эдьий Кэтириис.
Хоһугар киирбитэ Миитээ улахан кыыһа Маайа кинигэ ааҕа сытар эбит, Мичили көрөөт үөрдэ, санаатыгар оҕо сааһын санаан ылла.